БАЛАГАННАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Муус устар ый – АЙЫЫҺЫТ

Саас

Дьаралык, дьаралык, дьаралык!

Үөскүүрү төрүттээччи,

Кэскили тэрийээччи,

Уол оҕо кутун ох оҥорон

Уҥа хонноҕор кыбыммыт,

Кыыс оҕо кутун кыптыый оҥорон

Хаҥас хонноҕор кыбыммыт,

Таптал Айыыта, дьиэ кэргэн төрдө,

Айыыһыт ийэ хотун, бэттэх көрөн

Мичик гын!

Дом.

Үгэстэрэ

2-3 күнэ. Айыыһыты чугаһатар кэм.

7 күнэ. Дьэргэлгэн түһэрэ. Айыыһыкка сыһыарар туом.

17 саастаах ыччакка оҥоһуллар туом.

14 күнэ. Уоһах күнэ. Туҥуй ынах алгыһа.

СҮӨ

Бу ыйга киһиэхэ, кэрэҕэ сыһыаммытын салайабыт.

  • Төрөппүт тылын истибэт буолуу аньыы.
  • Кэрэни алдьатар аньыы.
  • Кыраттан кыыһырар аньыы.
  • Кыаммат киһиэхэ көмөлөспөт аньыы.
  • Уол кыыһы атаҕастыыра, кыыс уолу атаҕастыыра аньыы.
  • Чанчарык буолуу аньыы.
  • Сэмэйдик сылдьыбат аньыы.