БАЛАГАННАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Оҕолорго аналлаах рубрика

Туллук (нууччалыыта Пуночка)
Туллуктар

Саха сиригэр туллуктар бастакынан көтөн кэлэллэр

Туллуктар соҕурууттан кэлэн Хотугу муустаах муора кытылларыгар, Халыма туундараларыгар төрүүллэр-ууһууллар. Кулун тутарга биһиги олорор сирбитинэн көтөн ааһаллар.

Туллуктар олус эйэлээхтэр. Тугу эрэ былдьаһа, охсуһа сылдьыбаттар. Хата, элбэх аһылыктаах сиргэ түбэспит туллук доҕотторун ыҥыран чырылыыр. От сыатын ытыра-ытыра быраҕан көрдөрөр. Атыттар ону көрөн туруохтара дуо? Сырсан кэлэн оту ылҕаабытынан бараллар.

Аҕа саастаах дьон туллуктар соҕуруу хайдах кыстаан кэлбиттэрин билэллэр. Өскөтүн туллук үөрэ аҕыйах буоллаҕына, атын көтөрдөргө уустук кыстык ааспыт диэн быһаараллар. Тоҕо эрэ, сыл аайы ахсааннара аҕыйаан иһэр курдук. Туллуктары көрөр-истэр, харыстыыр анал тэрилтэлэр бааллара эбитэ буоллар наһаа үчүгэй буолуо этэ!

Бэлэм Буол хаһыаттан.