БИБЛИОНОЧЬ – 2025

Бүгүн, муус устар 26 күнүгэр биһиги нэһилиэккэ 18-с төгүлүн ыытыллар Арассыыйатааҕы аахсыйа БИБЛИОНОЧЬ – 2025 олохтоох бибилэтиэкэбитигэр сүрдээх интириэһинэй тэрээһин буолан ааста. Быйылгы аахсыйа тиэмэтэ “Свои герои” Кыайыы 80 сылыгар аналлаах. Ол курдук, “Вечер живых историй” диэн тиэмэҕэ Улуу сэрии кыттыылаа5а, биһиги дойдубуттуттан Бала5аннаахтан барбыт Адамов Тимофей Алексеевиһы, Дмитриев Алексей Дмитриевиһы кыргыттара кэлэн истиҥник кэпсээн, хайдах курдук улуу сэрии биһиги дойдубутун таарыйбытын, кинилэр хорсун быһыыларын ахтан – санаан, оҕолорго кэлэн кэпсээтилэр.

“Строки победы” аахсыйа5а, бибилэтиэкэ көхтөөх ааҕааччылара Кыайыы туһунан хоһоон аахтылар.

Кэлэн кыттан барбыт дьоммутугар итии-истиҥ махталбытын тиэрдэбит!