Улуу снайпер – Федор Охлопков

Федор Матвеевич Охлопков кулун тутар ый 3 күнүгэр 1908 сыллаахха Томпо оройуонун Кириэс-Халдьаайы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини начаалынай кылаас үөрэхтээх. Алдан оройуонугар шахтерунан, онтон сэриигэ барыан иннинэ кадровай булчутунан уонна төрөөбүт нэһилиэгэр механизаторынан үлэлээбит.

Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр 1941 сыллаахха балаҕан ыйыттан сулууспалаабыт, ол сыл ахсынньы ый 12 күнүттэн сэриигэ сылдьыбыт. Кини сэриигэ пулеметчигынан, 1243-с стрелковай полк 375-с девизия 30-с аармыйа отделениятын хамандыырынан сылдьыбыт. 1942 сыл алтынньы ыйтан снайпер 234-с стрелковай полк, 179-с девизия анаммыт.

Мантан аллара бу сигэни баттаан көр. Снайпер Ф.М.Охлопков (Видеозапись)

https://nlrs.ru/open/52993