Эһээлэр эбээлэр күннэрэ

Сылын ахсын алтынньы 28 күнүгэр эһээлэр эбээлэр күннэрэ бэлиэтэнэр.

Анал хоһооннор

Эбээбитигэр

Этэр тылбыт кэрэтин,

Алгыс тылбыт маанытын

Эриккэстиир бэлэҕэ

Ананыаҕа эбээҕэ!

Эбээ, наһаа үчүгэйгин,

Эбээ, наһаа элэккэйгин,

Эбээ, наһаа дэлэгэйгин,

Эбээ, наһаа эрчимнээххин.

Эбээ, куруук көмүскүүгүн,

Эбээ, куруук харыстыыгын,

Эбээ, куруук долгуйаҕын,

Элбэх суолтан арчылыыгын.

Эбээбитин, эйигин,

Күүскэ – күүскэ таптыыбыт,

Эйэҕэстэй киһибитин

Күҥҥэ тэҥнии көрөбүт.

Эһээбитигэр

(акростих)

Эрэллээх эркээйи ыччатыҥ

“Һай, һат” да диэбэтэрбит,

Эн туйаххын хатарар

Бастыҥ дьон буола үүнүөхпүт.

Ийэбит, аҕабыт суолларынан,

Талааннарбытын чочуйан,

Иннибит диэки дьулурҕатык

“Гагаринныы” көтүөхпүт.

Эһээбититтэн, эйигиттэн, алгыс тылгын ыламмыт,

Республикабыт, норуоппут эрэллэрин толоруохпут.

Потапова , Наталья Юрьевна. Эбээбитигэр ;  Эһээбитигэр ; // Дьоро күҥҥэ эриэккэс эҕэрдэ /Наталья Юрьевна Потапова –  Дьокуускай :Сайдам, 2012. – С. 5 – 6 .