Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэммит күнэ

Аҕа дойду уонна аан дойду улуу кыайыыта Бүгүн, балаҕан ыйын 3 күнүгэр, Аан дойду иккис сэриитэ түмүктэннэ, милитаристскай Япония үлтүрүтүлүннэ. Бу күн — улуу өҕө-сыллааҕы охсуһуулар кэннилэриттэн кэлбит эйэлээх олох саҕаланыыта. Биһи дьоруой буойунтарбыт уонна тыыл үлэһиттэрэ аан дойдуну фашизмтан уонна милитаризмтан быыһаабыттара. Ол саҕанааҕы өлөрүүүлээх кэмҥэ саха норуота улахан хорсун быһыыны көрдөрбүтэ, фронҥа уонна […]

Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветераннара 40 сылын көрсөлөр

Саха Өрөспүүбүлүкэтин ветераннарын Сэбиэтэ тэриллибитэ 40 сылын көрсө Өрөспүүбүлүкэ ветераннарын былааҕа от ыйын 22 күнүттэн Үөһээ Бүлүүбүт нэһилиэктэрин кэрийэн саҕалыырын иһитиннэрэбит!Үөһээ Бүлүү улууһун ветераннарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ И.Е.Чычахов салайааччылаах нэһилиэктэр бэтэрээннэриниин былаах көрсүүтүн сиэрин-туомун. Балаҕаннааха от ыйын 22 күнүгэр күнүс 12 чааска кэлэн аастылар,Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ […]

“Бастакы учууталым” кинигэ сүрэхтэтиитэ

Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мария Игнатьевна Константинова аатын сүгэр Балаҕаннаах библиотекатыгар Балаҕаннаах начальнай оскуолатыгар үөрэппит учууталбыт Клавдия Егоровна Кононова туһунан ” Бастакы учууталым ” диэн Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх быраас идэлээх Мария Федоровна Егорова суруйбут, хомуйан оҥорбут кинигэтин бэлиэтээһинэ буолла.Клавдия Егоровна Балаҕаннаах оскуолатыгар үлэлиир кэмигэр үөрэппит оҕолоро, […]

Кардашевский Георгий Романович 110 сылыгар

Бэс ыйын 21 күнүгэр саха  интеллигенциятын  чаҕылхай  бэрэстэбиитэлэ, биллиилээх ученай-литературовед,  фольклорист,  талааннаах  суруйааччы, тылбаасчыт,  педагог, общественнай деятель  Георгий Романович Кардашевскай  110 сааһыгар анаммыт ахтыытын киэһээтэ буолан ааста. Г.Р.Кардашевскай  ыам ыйын  5 күнүгэр  Үөһээ-Бүлүү  улууһун  Балаҕаннаах  нэһилиэгин  Хампачаан  диэн  кыракый  алааһыгар  төрөөбүтэ. Төрөппүт аҕата Жендринскэй Давид Егорович (Саанньа)  олоцхоһут. Оһуохайдьыт  талааннаах этэ. Евдокия Егоровна төрөппүт ийэтэ, […]

День памяти и скорби 22 июня

Бүгүн, 22 бэс ыйын күнүгэр, биһиги — өйдөбүнньүк уонна кутурҕан күнүн бэлиэтээбиппит. 1941 сыллаахха бу күн — Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕалаабыта. Сэрии кыргыһыыларыгар өлбүттэр, дьон аҕалардаах, ийэлэрэ уурайдаах буолбуттар. Бу сэрии биһигини хотугу уонна төрөөбүт сирибитин тулалыыр үтүө санааны, күүһэ суох көмүскэли-көрүлүгү олохтуур дьоҥҥо уларыппыт. Саха сирин дьоно даҕаны кыттыбыттар: 62 тыһыынча киһи фронтка […]

#СилаКниги

Кинигэ тыына — сылаас, ыраах,Ааҕааччыга суол ыйдаҥа.Бибилиэтикэ — сырдык ыстаал,Үтүө санаа мустубут сирэ. Үлэҕитигэр ситиһиини,Дьолу, эт-хаан туругун!Ааҕааччылар айхааллыылларБу күн мааны бэлиэтин! Балаганнаах оскуолатыгар #СилаКниги диэн акция үөрэнээчилэр кытыннылар, бу күн кинилэр бэйэлэригэр сайынны каникулка кинигэ таллылар ханныгы аагыахтарын баҕарбыттарын, оҕолорбут ааҕар буоллахтарына өйдөрө, санаалара бэйэлэрин кытта улаатан сайдан иһиэ. Акцияҕа уопсайа 13 оҕо кытынна.

“Дьоруой сардаҥата”

Үөһээ Бүлүү улууһугар ыам ыйын 7 күнүгэр, Дьоруойдар күннэринэн аахсыйа ааста, Аҕа дойдуларын көмүскүүр иэстэрин толорон дьоруойдуу өлбүт уолаттарбытын үйэтитэр “Дьоруой Сардаҥата”. Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын хорсун быһыыларын холобуругар эдэр көлүөнэни Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитии, дьоруойдар дьиэ кэргэттэригэр өйөбүл, ытыктабылы биллэрии. Хас биирди киһиэхэ Аҕа дойдуга таптал уонна бэриниилээх буолуу иэйиитин үрдэтии. Уопсайа […]

Балаҕаннаах олохтоох бибилиотеката

Ытыктыыр, киэн туттар Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, саха дьахталларыттан бастакы баянист, “Гражданскай килбиэн” бэлиэлээх, тыыл ветерана Мария Игнатьевна Константинова – Эдьиий Морууса аатын биһиги олохтоох библиотекабыт сүкпүтэ 2025 сылга. Бүгүн муус устар 22 күнүгэр Мария Игнатьевна 98 сааһын туолуохтаах этэ, сырдык санаата, ыраас тыына биһиэхэ сирдьит буолан инники суолбутун сырдатан Эдьиий Моруусабытын […]

В честь 8-го марта

В честь международного женского дня, 8-го марта в рамках акции “Вам любимые” прошло мероприятие Музыкальное лото, где в виде лото угадывали песни из разных эпох и жанров. В мероприятии приняли участие жители Балаганнахского Села, так же поздравить женщин пришел Глава Села Степан Иванович. https://rutube.ru/shorts/58cabedc6075bae296c95a1d405547cc