Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт суруйбут кинигэлэрин эһиги иннигитигэр уунабыт

Балаҕаннааҕым туойуулара: (хоһооннор). Бу хомуурунньукка автор төрөөбүт дойдутун Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ туойан ааспыт уостан-уоска бэриллибит ырыалара-тойуктара хомуллан киирдилэр. Олорон ааспыт дьоммут-сэргэбит уустук олох, күүстээх үлэ үөһүгэр олоҕу хоһуйсубут тойуктарын ааҕыҥ, сэргээҥ. Автор Олох эргииринэн кинигэтигэр олох олорбут үтүө кэрэ кэмнэрин, үгүс үтүмэн үлэни үлэлээбит саха норуота олорон ааспыт олоҕуттан тугу эмэ дьонугар-сэргэтигэр, […]