БАЛАГАННАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Апросимов Дмитрий Нестерович Кулун тутар 10 күнүгэр 95 сыла – биллиилээх эбэҥки бэйиэтэ, худуоһунньук. Мэйик нэһилиэгэр култуура дьиэтигэр худуоһунньугунан үлэлии сылдьыбыт

1929 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Уус-Маайа оройуонугар Күп нэһилиэгэр булчут эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дмитрий Апросимов оҕо сааһын ахтыыларыттан: Оло5ум – окко түһүөхпүттэн очурдаах, этэрбэс кэтиэхпиттэн эрэйдээх, сон кэтиэхпиттэн сордоох. Олус түҥкэтэх сиргэ төрөөн, тулаайах хаалан, бэлэспэр угар туһугар бэдьэйэ сиэлэн элбэх көмүс сылларбын сүтэрбитим. Уус-Маайа оройуонугар Күп нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Алдан өрүс үрдүгэр Уодьана […]