Сэтинньи 11 күнүгэр, 1893 с бэйиэт, прозаик, драматург, сахалартан биир бастакы лингвист-учуонай, уопсастыбаннай уонна судаарыстыбаннай диэйэтэл Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай күн сирин көрбүтэ.

19-20 үйэлэр кирбиилэригэр саха дьоно алаастарынан түөлбэлэнэн, ынаҕы-сылгыны иитэн киһи-хара буолан олорбуттара. Түҥ былыргы патриархальнай олох хараҥа түүнүн арай норуот үйэлэргэ өлбөт-өлбөөдүйбэт тылынан уус-уран айымньылара эрэ сэрггэхситэр буолаллара, кэрэҕэ угуйаллара, үчүгэй үйэ кэлиэ диэн эрэли үөскэтэллэрэ. Биир маннык түөлбэҕэ – Таатта улууһун 3 Дьохсоҕон нэһилиэгэр, сэтинньи ый 11 күнүгэр 1893 сыллаахха саха норуотун биллиилээх суруйааччыта […]