Төрүт уус Үөһээҥи Бүлүүлэр
Таҥха-хаан түөрэҕин быраҕан,
Түөрт үрэх устатын батаннар
Түөлбэлээн түстэммит эбиттэр.
Былыргы утуму удьуордааҥ,
Буһууну-хатыыны нөҥүөлээҥ.
Дьылҕа хаан ыйааҕынан тутуһар
Дьоһуннаах Үөһээҥҥи Бүлүүлэр,
Дьол-соргу тускутун билэннэр
“Дойдубут бу буоллун”,- дэспиттэр.
Былыргы удьуорбут кэс тылын
Биһиэхэ аналын эн ылын.
Бүгүҥҥү Үөһээҥи Бүлүүлэр
Билгэ-хаан билиитин ылынан,
Билиигэ-көрүүгэ тардыһар
Биһиктээх санааҕа иитиллэн
Былыргы утуму удьуордааҥ,
Барҕалаах өй-санаа баайданыҥ.
Үүнүөхтээх Үөһээҥи Бүлүүлэр
Үрүҥ Аар тойоммут бэлэҕэр,
Үрдүккэ, сырдыкка тардыһан,
Үөрэххэ, кэрэҕэ дьулуһан
Былыргы утуму уҥуордаан
Булгуччу үтүөнү удьуордааҥ!
Алмаас хостонуо турдаҕа,
Атын да сир баайа көстүөҕэ,
Айар кут аартыга аһыллыа,
Айыы хаан аймаҕа барҕарыа.
Былыргы утуму уҥуордаан
Буолуохтаах түгэни баһылааҥ!
Н.П.Корякин – Уран Ньукулай.
Үөһээ Бүлүүтээҕи киин библиотека кыраайы үөрэтэр отделын архыыбыттан краевед Лазарь Филиппович Николаев суруйуулара.
Сахалар Үөһээ Бүлүү сиригэр-уотугар үс улахан түһүмэҕинэн көһөн кэлбиттэр. Аан маҥнайгы түһүмэххэ – намнар, иккискэ – үөдүгэйдэр, үһүскэ – боотулуулар. Ити көһүүлэр Өлүөнэ хочолоругар нууччалар кэлиилэрин, кинилэри утары күүс өртунэн өрө туран хотторууну, онтон күрэнэн, сойуолааһынтан, өлүүттэн-сүтүүттэн дьаарханан куотууну, сири-уоту уларытыыны кытары ыкса сибээстээхтэрэ көстөр. Өргүөттэр, Көбдө баһылыктаах Нам дьоно Үөһээ Бүлүүнү булбуттарын кэнниттэн, урут Өлүөнэ өрус хаҥас биэрэгэр олорбут үөдүгэйдэр, урукку эйэлээх, чуумпу олохторуттан тэйэн, туох баар кэргэн-чаҕыр дьоннорун илдьэ 18 ыал буолан Куорамыкыга кэлбиттэр. Бүлүү өрүс уҥа өртүгэр Күҥкү баьылыктаах Быйакы, Чочу, Бакы, Чап, Быыгынас Боотур, Дьаархан, Күүлэ, Халбаакы хаалбыттар. Оттон өрус хаҥас өртүгэр Наакаан баһылыктаах Дэди, Мотуруос, Лүһүрүкээн, Асхабыл, Эгэй, Өбукэ, Суор Ойуун, Түүлээх Түлэҕэй тахсыбыттар. Күҥкү ураһатын олоҕо Күүлэҕэ турбут. Кини Күүлэнэн, Боруу Көлүйэнэн олорбут. Чочу, Быйакы, Бакы олохсуйбут алаастара билигин кинилэр ааттарынан ааттаммыттар диэн буолар. Чап Куорамыкыттан көс кэриҥнээх сиргэ, Кэнтиккэ тахсан олохсуйбут. Дьэ ити курдук Бүлүү өрус уҥуор-маҥаар өртүлэригэр икки Үөдүгэй нэһилиэктэрэ баар буолбуттар. Кэлин, 1839 сылтан, өссө үһүс, Үөдүгэй нэһилиэгэ эбиллибит.
Матырыйаал “Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэ” кинигэтиттэн бэчээтэннэ.