Куобахчааннар ырыалара
Григорий Данилов тыллара Н.Бубякин мелодията
Куруҥ тыаҕа мустаммыт,
Куобахчааннар элбэхпит,
Иллээх кэргэн буоламмыт,
Иирсээн диэни билбэппит
Охсуһары үөхсэри
Отой олох сирэбит.
Ойуоккалыы оонньууру
Олус, олус таптыыбыт.
Күһүн үүммүт кэнчээри
Кэбийиэххэ минньигэс,
Кыһын тымныы эрээри,
Иллээх кэргэн буоламмыт,
Иирсээн диэни билбэппит.
Куобахчаан
Эрэлис-чэрэлис
Көрөрүм түргэн,
Элэкис-мэлэкис
Истэрим сэргэх.
Минньигэс эбиэппин –
Талаҕы кэрбиибин,
Моркуоп да биэрдэргин
Отойун сирбэппин.
Куобах, куобах барахсан
Куобах, куобах барахсан
Куотан-куотан кэлэммин
Ойуур-ойуур быыһыгар
Утуйа-утуйа сытабын.
Булчут, булчут оҕонньор
Булбат, булбат инигин
Ытыҥ, ытыҥ обургу
Ыраах баран хаалла.
Куобахчааннар
Куобахчааннар кыралар
Куруук куота сылдьаллар.
Саһыллар да сырсаллар,
Бөрөлөр да куттууллар.
Ол эрээри куобахтар
Олус үчүгэй кыыллар.
Оҕолору таптыыллар,
Ойуоккалаан оонньууллар.
Куобах
Кытыы ыраах сирдээхпин
Куруҥ тыаҕа дьиэлээхпин.
Куруолукка тэҥнээхпин
Көп-ичигэс түүлээхпин.
Икки уһун кулгааҕым
Иһиллииллэр, истэллэр.
Хахха-дурда мастарым
Харыстыыллар, кистииллэр.
Саһа-саһа сылдьабын
Саһылтан да саллабын.
Дьулайабын бөрөттөн
Куттанабын өлөртөн.
Ойуур хаарын оймуубун
Ойуулууру сатыыбын.
Ойуоккалаан оонньуубун
Оҕолору таптыыбын.
Куобахчаан
Манна-онно ойуолуур
Маҥан хаары ойуулуур.
Куобахчаан, куобахчаан
Худуоһунньук куобахчаан.
Халыҥ ойуур хаххалаах
Ыккый ойуур ырыалаах.
Куобахчаан, куобахчаан
Худуоһунньук куобахчаан.
Куобах
Ойуолууру эрэ сатыыбын,
Ончу сатаан хаампаппын,
Олооччута да суох буолларбын,
Онньоччу үктэнэбин.
Куруҥ тыаҕа дьиэлээхпин.
Куттаһа суох куобахпын.