БАЛАГАННАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Саха сиригэр алтынньы үһүс өрөбүлэ – Ийэ күнэ.

Ийэҕэ ананар хоһооннор.

ИЙЭМ МИЭНЭ

Ийэм миэнэ кыраһыабай,

Ийэм миэхэ ас астыыр,

Ийэм миэнэ наһаа үчүгэй,

Ийэм миэхэ көмөлөһөр.

Ийэм миигин олус таптыыр,

Чыычааҕым, күнүм диэн ааттыыр,

Ийэм миигин харыстыыр

Мэлдьи мичээринэн кууһар!

КҮНДҮ, КҮНДҮ…

Намыын-намыын куоластаах,

Сыллыыр, үөрэр, кыыһырбат

Кимин билэҕит дуо?

Саамай, саамай күндү,

Миигин таптыыр киһим –

Күндү, күндү мин ийэм!

Мин ийэм, мин ийэм!

Оскуола5а барарбар

Кичэйэн таҥаспын бэлэмниир,

Эппиэтинэстээх буоларга

Кыһаллан үөрэтэр, сүбэлиир

Мин ийэм, мин ийэм!

Ити курдук о5олор истиҥ-иһирэх тылларын аныыллар, бу күн эҕэрдэ, таптал тыллара – бука барыта ИЙЭҔЭ ананар.