БАЛАГАННАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

ЫАМ ЫЙА – Иэйэхсит ыйа

Күөгэл-нусхал, күөгэл нусхал, күөгэл нусхал!

Уйгуну оҥорооччу,

Илгэни биэрээччи,

Ойуулаах от-мас төрдө,

Хамсыыр харамай ийэтэ,

Амарах санаалаах,

Аһыныгас сүрэхтээх,

Атаҕар алгыстаах,

Илиитигэр эҕэрдэлээх,

Биири биэс гынар,

Биэһи биэс уон гынар

Күн Иэйиэхсит Ийэ хотун,

Бэттэх көрөн

Мичик гын! Дом.

Үгэстэрэ

2-3 күнэ. Иэйиэхсити чугаһатар кэм.

14 күнэ. Арчы күнэ. Дьиэни-уоту, тиэргэни ыраастыыр туом.

17 күнэ. Буһуу-хатыы туома. Күөххэ үктэнии. Оскуоланы бүтэрэр оҕолорго туом.

22 күнэ. Сайын кэлиитэ. От-мас көҕөрүүтэ. Сайылыкка көһүү.

Сир-дойду иччитэ Аан Алахчын хотун диэн ааттанар. Дьиэтэ – баай хатыҥ. Оттон хатыҥ-чараҥҥа Ойуу-бичик оҕолор оонньууллар. Онон хатыҥ иччилэрэ мустар сирдэрэ буолар. Дьон дойду иччитигэр анаан хатыҥҥа салама ыйыыр, сайын кэлэр күнүттэн саҕалаан от ыйын 12 күнүгэр диэри оҥоһуллар. Хатыҥ элбэх буолбатах. Онон хаыҥы харыстыахтаахпыт. Кини аттыгар от-мас силигилии үүнэр. Былыр “хатыҥ барахсан бэйэтин алгыһын биэрэ турар”, – диэн этэллэрэ.

Ыам ыйыгар айылҕа уһуктар. Ырыаһыт чыычаахтар бары кэлэллэр. Сир анныттан кыһыны быһа утуйа сыппыт Ойуу Бичик оҕолор тахсаллар. Кинилэр от-мас иччилэрэ, Аан Алахчын оҕолорор, кып-кыралар, киһи хараҕар көстүбэттэр. Сүүрэ сылдьаннар оту көҕөрдөллөр, сэбирдэҕи тылыннараллар. Ойуу-Бичик оҕолор үлэлэрэ элбэх, аан дойду баар буоларын хааччыйаллар, үүннэрэри-үксэтэри хамсаталлар.

Тулабыт барыта үлэлиир. Ол курдук от үүнэрэ- үлэ, күн тыгара – үлэ, чыычаах уйа туттара – үлэ. Ооҕуй оҕус илимин оҥороро эмиэ – үлэ. Оннооҕор ойуу-бичик оҕолор оҕо төрөөтөҕүнэ, кыһын да буоллун, оҕо төрөөбүт сиригэр мусталлар. Кинилэр ити сылдьан ол оҕо хайдах олоруохтааҕын салгыҥҥа суруйан кэбиһэллэр. Бу сурук Дьылҕа Тойон кинигэтигэр киирэн хаалар эбит.

Ыам ыйын 22 күнүн киһи барыта үөрэ-көтө көрсөр. Бу күнтэн Улуу тунах саҕаланар. Тунах диэн үүт-ас дэлэйэр кэмэ. Чуолаан, бу күҥҥэ бастакы куһу сиир үгэс баар. Бу күнтэн кэҕэ этэр. Кэҕэ эттэ даҕаны былыр саха сулуһа таҕыста, сайыҥҥы күннэр саҕаланнылар дииллэрэ.

Ылыллыбыт матырыйаал Дабыл “Күннүк”