БАЛАГАННАХСКАЯ СЕЛЬСКАЯ БИБЛИОТЕКА

Хоһооннор

САХАМ СИРЭ

Сахам сирэ – сырдык алаас

Таалар налыы сыһыылара,

Сахам сирэ – дьапталҕа таас

Дьааҥы туруук хайалара.

Сахам сирэ – куба оонньуур

Көмүс долгун көлүччэтэ,

Сахам сирэ – күн сөтүөлүүр

Лена эбэм нэлэмэтэ.

Сахам сирэ – хаар кыымнарын

Тыыннаах тырым чаҕыллара,

Сахам сирэ – алмаас тааһым

Уот кустуктаах кырыылара.

Сахам сирэ – сирдээх халлаан

Ыпсар ыраас туундарата,

Сахам сирэ – буурҕа, туман

Будулуйар муус муората.

Сахам сирэ – саҥа куорат

Сандаарыйар аар тайҕата,

Сахам сирэ- дьоллоох норуот

Айар – тутар киэҥ туоната.

Наруоднай бэйиэт Бүөтүр Тобуруокап.

Сайаҕас – амарах дууһалаах

Сайдар – үүнэр дьылҕалаах

Саха омук ыччата!

Саха бастыҥ ыччата!

Орто туруу дойдуга

Уруурҕаһан сайдыаҕыҥ

Урааҥхайдыыр сахалар

Ууһуу – үөскүү туруоҕуҥ

Саха омук ыччата!

Саха бастыҥ ыччата!

Петр Одорусов

Үлэҕэ хоһуун, сэриигэ хорсун

Туйгунтан туйгун Эн герой дьонуҥ,

Кэнчээри ыччатыҥ, бар дьонун олоҕун

Кэскиллээн тэрийэ, киэргэтэ турдун,

Саргылан мэлдьи, күн кэрэ

Сахам сирэ ийэккэм!

Сүрэххэ биһиэхэ туох күндү баарын,

Дууһаҕа биһиэхэ туох сырдык баарын,

Олоххо биһиэхэ туох кэрэ баарын

Аныыбыт Эйиэхэ барытын,

Сардаҥалаах унаар сирим,

Сахам сирэ ийэккэм!

Наруодунай бэйиэт Бүөтүр Тобуруокап.

Ийэ дойдуом, бүгүн суолбар

Алгыс тылын этэҕин,

Айар үлэ ыллыгыгар

Ыллаа диэн киллэрэҕин.

Ийэ дойдуом, махтал! Бүгүн

Ыра санаа буолаҥҥын,

Олоҕум дьоллоох күлүүһүн

Мин сүрэхпэр уунаҕын.

Василий Алексеев