
ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ
Үрдүк күөннээх Бүлүү эбэм
Үллэр үөһүн күүрдэр долгун,
Үөр сылгылыы иҥэрсийэн,
Үчүгэйиэн бу оонньууруҥ!
Үрүҥ көтөр үҥкүүлүүрүн
Үтүктэрдии үс суһуоххун
Өрүнэҥҥин эн көрсөҕүн
Үлэҥ күнүн, Бүлүү хотун!..
Үтүө дьонум ыһыах ыһар,
Үрдүк сыырга мустар үөрүү.
Үйэ тыалын дохсун уоҕар,
Үөһээ Бүлүүм, бааргын өрүү…
Үөрүү-көтүү үксүүр сирэ
Үөһээ Бүлүүбүт барахсан,
Үрдүк дьылҕаҥ күүс-уох биэрэ
Үүнэ тураҕын – айхаллан!
Василий Сивцев СР народнай поэта, ССРС СС чилиэнэ.
Үөһээ Бүлүү историятын төһө билэҕин? Стрелка көмөтүнэн кыһыл өҥнөөх ссылканы баттаа, билииги н бэрэбиэркэлэн, түмүгэр туоһу сурукта ыл.
