Ыам ыйын 21 күнэ – ЫРЫА КҮНЭ

Ыам ыйын 21 күнүн Ырыа күнүнэн Ил Дархан дьаһала 2022 сыллаахха тахсыбыт. Ол иннинэ Ырыа күнүн Алексей Кириллович Калининскай – Луҥха Өлөксөйө – ырыа айааччылар сойуустарын чилиэнин көҕүлээһининэн, уопсастыбанньыктар өйөбүллэринэн бүттүүн Саха сиринэн бэлиэтииллэр эбит.

Ырыа аргыстаахпыт

Сахалар ырыаны олус таптыыбыт. Былыргы киһи атын, оҕуһун мииннэ даҕаны ыллаан барара. Ардыгар оһуокайдаан, олоҥхолоон доллоһутара. Кини Сахатын сирин кэрэ айылҕатын, бэйэтин олоҕун туойара. Дойдубут саргылаах сааһа, күннээх сайына ыллыырга көҕүтэр. Көмүс көстүүлээх күһүн, кылбаа маҥан кыһын – барыта ыллаа-туой диир курдук. Ол иһин киһи барыта ырыаһыт. Ырыа күнүгэр Сахабыт сиригэр намыын ырыа дайа көтөр.

Ырыа күнэ

Ырыа киһини үөрдэр,

Киниэхэ кынат биэрэр,

Ырыа ыраах көтүтэр,

Дууһа чэпчиир, сынньанар.

Ырыа – олох аргыһа,

Ыллыы сылдьар үөрүүлээх,

Олох араас харгыһа

Онтон мэлдьи сүтүөхтээх!

Ыллааҥ-ыллааҥ дьиэрэтэ,

Сүрэхтэри чэпчэтэ,

Таптааҥ кэрэ ырыаны,

Туойуҥ күннээх халлааны!

Өс хоһоонноро, бэргэн тыллар

Кэрэ ырыа кэһиилэниэҥ –

Кэтэһиилээх киһи буолуоҥ.

Чуор тойук доҕордонуоҥ –

Киэҥ сиргэ иһиллиэҥ!

Таабырыны таай

Кынатым суох да,

Кыырайа көтөбүн.

Ыксаабыты уоскутан,

Ытаабыты ууратан,

Сүрэхтэри долгутабын,

Таптал туһун туойабын!

Үөрэх уонна оҕо кинигэтин бырайыага

Ааптар Т.Е.Винокурова-Сабыйа

“Киин куорат” 2022 сыл хаһыат