С Днем 8 марта!

Всех милых женщин на планете Мы поздравляем в этот день. Для всех Вас солнышко пусть светит, Играет звонкая капель. Мы пожелаем вам здоровья, Уюта в доме и тепла, Заботы близких и внимания – Сегодня, завтра и всегда! Желаем вам, конечно, счастья. И пусть уходят все ненастья, Чтоб радовались вы всегда Весны приходу и тепла!

Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт суруйбут кинигэлэрин эһиги иннигитигэр уунабыт

Балаҕаннааҕым туойуулара: (хоһооннор). Бу хомуурунньукка автор төрөөбүт дойдутун Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ туойан ааспыт уостан-уоска бэриллибит ырыалара-тойуктара хомуллан киирдилэр. Олорон ааспыт дьоммут-сэргэбит уустук олох, күүстээх үлэ үөһүгэр олоҕу хоһуйсубут тойуктарын ааҕыҥ, сэргээҥ. Автор Олох эргииринэн кинигэтигэр олох олорбут үтүө кэрэ кэмнэрин, үгүс үтүмэн үлэни үлэлээбит саха норуота олорон ааспыт олоҕуттан тугу эмэ дьонугар-сэргэтигэр, […]

Олунньу 13 күнүгэр бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт Бараховскай дьыктаан аахсыйатыгар биһиги нэһилиэк туора турбата.

Ол курдук, Исидор Никифорович Барахов үбүлүөйдээх 125 сылыгар, төрөөбүт нэһилиэгэ Харбалаах, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыыппыт аахсыйатыгар биһиги нэһилиэк кыттыыны ыллыбыт. Биир дойдулаахпыт, биллиилээх госудаарыстыбаннай- политическэй диэйэтил, Саха автономийатын төрүттэспит чулуу дьоммутуттан биир бастыҥнара, Саха АССР бастакы совнаркомун бэрэссэдээтэлэ, экэниэмикэ билимин хандьыдаата.

Олунньу 13 күнэ Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ

Тыллаах буоламмыт тыыннаахпыт, Саҥалаах буоламмыт Сахабыт, Харыстыах тустаахпыт тылбытын, Көмүскүөх кэриҥнээхпит ааппытын! Сахалыы өс хоһооннорун төһө билэҕин? Тыл дьэрэкээн кустугун манна киирэн аах. Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах! Ким доҕордоох – ол дьоллоох! Олорордооҕор, оҥорор ордук! Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн! Киһи тыла – ох! Тыл баар – бараммат баай. Аҕыйах тыл – минньигэс, элбэх тыл – […]

Исидор Никифорович Барахов 125 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Балаҕаннаах нэһилиэгэр хор турда

Биллиилээх государственнай-политическай деятель, Саха автономиятын төрүттэспит чулуу дьоммутуттан биир бастыҥнара, Саха АССР бастакы совнаркомун бэрэссэдээтэлэ, экономика билимин кандидата Исидор Никифорович Барахов 125 сыллаах үбүлүөйүнэн.

Үйэттэн үйэҕэ эн аатыҥ өрүүтүн тиллиэхтин

Исидор Никифорович Барахов (1898-1938) – Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэртэн, сахалар судаарыстыбаннастаах буолалларын иһин, үгүстүк үлэлэспит, ситиспит киһинэн биирдэстэрэ, 19 үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл. Исидор Никифорович Барахов олунньу 13 күнүгэр 1898 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитинэн дьарыктанар сэниэ ыалга төрөөбүт. Абааһыттан күрэтэн, дьадаҥы аймахтарыгар Чээччэйдэргэн үс сыл ииттэрэн баран Микииппэрдээх оҕолорун […]

25 января ДЕНЬ СТУДЕНТА (Татьянин день)

День студентов в нашей стране традиционно отмечается 25 января, хотя международный День студенчества празднуется 17 ноября. Такие двойные именины российские студенты получили благодаря открытию Московского университета в 1755 году. Именно в этот день императрица Елизавета подписала указ «Об учреждении Московского университета». А всероссийским этот праздник стал уже при императоре Николае I, который повелел праздновать 25 января […]

Кириьиэнньэ түүн

Саха уус-уран литературатын историятыгар биир чаҕылхай, хаһан даҕаны умнуллубат миэстэни талааннаах суруйааччы, учуутал, Бэлэм буол хаһыат редакторынан үлэлээбит, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии толо онугар геройдуу охтубут, олоҕун бүүс-бүтүннүүтүн төрөөбүт норуотун, Ийэ дойдутун туһугар толук уурбут Никифор Кирикович Седалищев -Дьүөгэ Ааныстыырап буолар. Кини 1913 с. тохсунньу 29 к. Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтик нэһилиэгэр дьадаҥы дьиэ […]

Саҥа дьылга аналлаах куобах туһунан хоһооннор

Куобахчааннар ырыалара Григорий Данилов тыллара Н.Бубякин мелодията Куруҥ тыаҕа мустаммыт, Куобахчааннар элбэхпит, Иллээх кэргэн буоламмыт, Иирсээн диэни билбэппит Охсуһары үөхсэри Отой олох сирэбит. Ойуоккалыы оонньууру Олус, олус таптыыбыт. Күһүн үүммүт кэнчээри Кэбийиэххэ минньигэс, Кыһын тымныы эрээри, Иллээх кэргэн буоламмыт, Иирсээн диэни билбэппит. Куобахчаан Эрэлис-чэрэлис Көрөрүм түргэн, Элэкис-мэлэкис Истэрим сэргэх. Минньигэс эбиэппин – Талаҕы кэрбиибин, Моркуоп […]

Сана кинигэлэр эьиги иннигитигэр

Сэбиэскэй кэм саҕана тигинээн-таҥынаан олорбут Дүллүкү сопхуос Далырдааҕы отделениетын биир бастыҥ тырахтарыыһа, биэс төгүл социалистическай күрэхтэһии кыайыылааҕа, аҕыс төгүл нэһилиэк дьокутаата, сулуһа суох дьоруой, үлэ таҥаралаах, хатыламмат дьылҕалаах Петр Иванович Егоров туһунан чугас дьонун, доҕотторун ахтыыларыттан таҥыллыбыт кинигэ үүнэр көлүөнэҕэ, кэнчээри ыччакка холобур быһыытынан бу кинигэ таҕыста. Бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах киһи олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, дьоҥҥо […]