Бүгүн муус устар 22 күнүгэр Мария Игнатьевна Константинова – Эдьиий Морууса төрөөбүт күнэ

Самодеятельнай композитор, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Нам нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Гражданскай килбиэн анал бэлиэ хаһаайына, тыыл бэтэрээнэ Мария Игнатьевна Константинова. Кини аатын Саха сиригэр билбэт киһи аҕыйах буолуотаах. Ол курдук кини уостан түспэт ырыалара билигин да ыллана тураллар. “Чэ,чэ” (син биир, син биир хайгыыбын, Сэмэнчикпин таптыыбын), “Оо, быраас барахсан”, “Суоппар ырыата” […]

2023 – ҮЛЭ СЫЛА

“Кыһыл үлэһит” колхоз Балаҕаннаахха Балаҕаннаахха 1930 с. муус устар ыйга Бүлүү оройуоннааҕы колхоз секциятын үлэһитэ Додохов тахсан, нэһилиэк активиһа, Нам, Ороһу потребобщество председателэ Николаев Терентий Николаевиһы кытта колхоз тэрийэр туһунан мунньах оҥорбуттара, аан маҥнайгынан сайдыылаах, үөрэхтээх дьон колхозка киирбиттэрэ: Николаев Терентий Николаевич (Тэрэсиин) Кардашевский Капитон Спиридонович Докторов Иван Игнатьевич Докторов Гаврил Иннокентьевич Докторов Михаил Николаевич-Буска […]

Оҕуруот астара

А.П.Алексеев хоһооннорунан таайбараҥ Буорга үүнэр буоламмын Буор курдук дьүһүннээхпин, Килиэби солбуйар Иккис Аһылык буолабын. 9 буукубаттан турар. Таайыҥ Кини от күөҕэ, бөкүнүк Үрүллэр шар курдук төгүрүк, Быстаххына – кып-кыһыл, Амсайдаххына – мип-минньигэс. 5 буукубаттан турар. Таайыҥ Битэмииним чааһынан Инники соҕус буолуом, Миигин куобахчаанкурдук кэрбээтэххинэ Муус доруобай буолуоҥ. 7 буукубаттан турар. Таайыҥ Миигин баҕас, атастаар, Эндэппэккэ […]

“Книга – путь к звездам” Единый республиканский медиаурок для школьников ко Дню космонавтики

12 апреля 62 года назад Юрий Гагарин на корабле «Восток» совершил первый в истории полет в космос. В честь этого праздника Национальная библиотека подготовила единый республиканский медиаурок для школьников ко Дню космонавтики, тема урока “Книга – путь к звездам”. В Балаганнахской ООШ 11 апреля провели медиаурок, учащиеся узнали значение данного исторического события. К уроку присуствовали […]

С Днем 8 марта!

Всех милых женщин на планете Мы поздравляем в этот день. Для всех Вас солнышко пусть светит, Играет звонкая капель. Мы пожелаем вам здоровья, Уюта в доме и тепла, Заботы близких и внимания – Сегодня, завтра и всегда! Желаем вам, конечно, счастья. И пусть уходят все ненастья, Чтоб радовались вы всегда Весны приходу и тепла!

Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн төрүттээх биир дойдулаахтарбыт суруйбут кинигэлэрин эһиги иннигитигэр уунабыт

Балаҕаннааҕым туойуулара: (хоһооннор). Бу хомуурунньукка автор төрөөбүт дойдутун Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ туойан ааспыт уостан-уоска бэриллибит ырыалара-тойуктара хомуллан киирдилэр. Олорон ааспыт дьоммут-сэргэбит уустук олох, күүстээх үлэ үөһүгэр олоҕу хоһуйсубут тойуктарын ааҕыҥ, сэргээҥ. Автор Олох эргииринэн кинигэтигэр олох олорбут үтүө кэрэ кэмнэрин, үгүс үтүмэн үлэни үлэлээбит саха норуота олорон ааспыт олоҕуттан тугу эмэ дьонугар-сэргэтигэр, […]

Олунньу 13 күнүгэр бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт Бараховскай дьыктаан аахсыйатыгар биһиги нэһилиэк туора турбата.

Ол курдук, Исидор Никифорович Барахов үбүлүөйдээх 125 сылыгар, төрөөбүт нэһилиэгэ Харбалаах, бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыыппыт аахсыйатыгар биһиги нэһилиэк кыттыыны ыллыбыт. Биир дойдулаахпыт, биллиилээх госудаарыстыбаннай- политическэй диэйэтил, Саха автономийатын төрүттэспит чулуу дьоммутуттан биир бастыҥнара, Саха АССР бастакы совнаркомун бэрэссэдээтэлэ, экэниэмикэ билимин хандьыдаата.

Олунньу 13 күнэ Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнэ

Тыллаах буоламмыт тыыннаахпыт, Саҥалаах буоламмыт Сахабыт, Харыстыах тустаахпыт тылбытын, Көмүскүөх кэриҥнээхпит ааппытын! Сахалыы өс хоһооннорун төһө билэҕин? Тыл дьэрэкээн кустугун манна киирэн аах. Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах! Ким доҕордоох – ол дьоллоох! Олорордооҕор, оҥорор ордук! Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн! Киһи тыла – ох! Тыл баар – бараммат баай. Аҕыйах тыл – минньигэс, элбэх тыл – […]

Исидор Никифорович Барахов 125 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Балаҕаннаах нэһилиэгэр хор турда

Биллиилээх государственнай-политическай деятель, Саха автономиятын төрүттэспит чулуу дьоммутуттан биир бастыҥнара, Саха АССР бастакы совнаркомун бэрэссэдээтэлэ, экономика билимин кандидата Исидор Никифорович Барахов 125 сыллаах үбүлүөйүнэн.

Үйэттэн үйэҕэ эн аатыҥ өрүүтүн тиллиэхтин

Исидор Никифорович Барахов (1898-1938) – Саха Өрөспүүбүлүкэтин төрүттээччилэртэн, сахалар судаарыстыбаннастаах буолалларын иһин, үгүстүк үлэлэспит, ситиспит киһинэн биирдэстэрэ, 19 үйэ саҕаланыытыгар биллибит судаарыстыбаннай уонна партийнай диэйэтэл. Исидор Никифорович Барахов олунньу 13 күнүгэр 1898 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгэр сүөһү иитиитинэн дьарыктанар сэниэ ыалга төрөөбүт. Абааһыттан күрэтэн, дьадаҥы аймахтарыгар Чээччэйдэргэн үс сыл ииттэрэн баран Микииппэрдээх оҕолорун […]