1929 сыллаахха кулун тутар 10 күнүгэр Уус-Маайа оройуонугар Күп нэһилиэгэр булчут эбэҥки дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Дмитрий Апросимов оҕо сааһын ахтыыларыттан:
Оло5ум – окко түһүөхпүттэн очурдаах, этэрбэс кэтиэхпиттэн эрэйдээх, сон кэтиэхпиттэн сордоох. Олус түҥкэтэх сиргэ төрөөн, тулаайах хаалан, бэлэспэр угар туһугар бэдьэйэ сиэлэн элбэх көмүс сылларбын сүтэрбитим. Уус-Маайа оройуонугар Күп нэһилиэгэр төрөөбүтүм. Алдан өрүс үрдүгэр Уодьана диэн ааттанар өтөххө, тыаны солоон, бурдук ыһан олохсуйбут ыалга. Сайылыкпыт түбүлэх үрдүгэр турара, олус кэрэ айылҕалаах сир этэ. Аҕам удьуор булчут эбэҥки. Ийэм саха дьахтара төрүт Чурапчы Амматыттан. Үс оҕо тыыннаах хаалбыппыт. Убайым Егор, 1921 сыллаах төрүөх, Томмот куоракка геолог үөрэҕин бүтэрбит. 1941 сыллаахха уонтан тахса уол тайҕаттан киирбиттэр да, бары тутуспутунан сэриигэ тылланан барбыттар. Ый курдук сэриилэһэн баран, кыргыһыы хонуутугар охтубут.
Сэттэ кылаастаах оскуоланы бүтэрээт, биир сыл Томпо оройуонун Дьабарыкы Хайа бөһүөлэккэ шахтаҕа үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха Дьокуускайдааҕы музыкально-художественнай училищеҕа туттарсан киирбитэ. 1956 сыллаахха, училищаны бүтэрээт, өр сыл Уус-Маайа уонна Үөһээ Бүлүү оскуолаларыгар учууталлаабыта: уруһуйга, чэчилээһиҥҥэ, трудка, географияҕа уонна төрөөбүт тылга үөрэппитэ. 1969 сылтан Уус-Маайа оройуонугар Эдьээн сэлиэнньэтигэр тыа кулуубун сэбиэдиссэйинэн, библиотекарынан үлэлээбитэ. Дмитрий Апросимов 1983 сыллаахха тохсунньу 29 күнүгэр, айар үлэтин күөгэйэр кэмигэр, ыалдьан, күн сириттэн барбыта.
Айар үлэтэ
Бэйэтин эбэҥки поэтынан билиннэр да, сахалыы ыраастык суруйара, саха литературатын үчүгэйдик билэрэ уонна киэҥник тарҕаппыта. Саха сруйааччыларын айар үлэлэрин туһунан оскуолаларга,тыа кулууптарыгар элбэхтик дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсээбитэ. Аан бастаан поэт буолууһуккун диэбит, хоһоон суруйарга уһуйбут киһитэ – саха норуодунай поэта Семен Данилов, кини өөйөбүлүнэн 1958 сыллаахха “Кини ыллаата мин иннибэр” диэн хоһооно Хотугу сулуска тахсыбыт.
Чугас доҕотторунан уонна сүбэһиттэринэн саха норуодунай поэта Семен Руфов, биллиилээх прозаик Николай Габышев, поэт Василий Гольдеров буолбуттара.
Кинигэлэрэ биһиги олохтоох библиотекабытыгар баар
Суруйааччы айымньыта кинигэ буолан күнү көрүүтэ оҕо төрөөһүнүгэр тэҥнээх буоллаҕа. Аҕыйах ахсааннаах эбэҥки норуотун талааннаах поэтын Дмитрий Апросимов аата сүүрбэһис үйэ бүтүүтүгэр, сүүрбэ биирис үйэ саҥатыгар биллэн барбыта.
Дьиҥнээх талаан суруллубут кинигэ кээмэйинэн быһаарыллыбат. Биир кэпсээни, сэһэни эбэтэр аҕыйах хоһоону чаҕылхайдык суруйан, литератураҕа бигэтик киириэххэ сөп. Ол курдук, Дмитрий Апросимов эрдэ бэчээккэ тахсыбыт биэс дьоҕус кинигэтин таһынан кэнники Күндэли-Куо диэн номох кинигэтэ 1985 с. күнү көрбүтэ.